Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет,Олоҥхону чинчийэр институт, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, СӨ Олоҥхо ассоциацията I сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылын-өһүн, билиини-көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дьыктаана» диэн аахсыйаны биллэрдэ. Бу аахсыйаҕа кыттыһан Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи модельнай бибилэтиэкэтэ нэһилиэк олохтоохторугар диктант ыытта. Диктант тиэкиһэ П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардыы. Тиэкси аахта СӨ култууратын туйгуна, С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан түмэл директора Ксения Семёнова. Диктаны барыта 12 киһи суруйда. Үөрүүлээҕэ диктаҥҥа икки дьиэ кэргэттэр Галина ,Александр Пахомовтар,Айсена ,Михаил Федоровтар кэлэн кыттыыны ыллылар. Диктант суруйуутун түмүгүнэн биир да сыыһата суох туйгун сыанаҕа икки кыттааччы биһиги тэрээһиннэрбит көхтөөх кыттааччыта Надежда Ноговицина уонна бибилэтиэкэ сүрүн бибилэтиэкэрэ Мария Чагдинская суруйдулар. Биэс киһи түөрт сыанаҕа суруйдулар. Улахан аахсыйаҕа кыттыыны ылбыт бары дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит. Улуу Олоҥхобут үйэттэн үйэҕэ уруйдана турдун, бибилэтиэкэҕэ бу декадаҕа аналлаах улахан кинигэ быыстапката тэрилиннэ, кэлэн уларсыҥ, ааҕыҥ, билиигитин хаҥатыҥ диэн ыҥырабыт.