«УЛУУ ТЫМНЫЫ ОҔУҺА»-остуоруйа -уруоктар.

«УЛУУ ТЫМНЫЫ ОҔУҺА»-остуоруйа -уруоктар.

Бүгүн, алтынньы 5 күнүгэр, Элгээйи орто оскуолатын 2,3 кылаас оҕолоругар Тымныы оҕуһун туһунан остуоруйа-уруок буолла. Аан дойдуга саха эрэ омук уус -уран айымньытыгар «Дьыл оҕуһа»,»Тымныы оҕуһа» диэн ураты дьүһүлгэн баар. Тымныы Оҕуһа Хотугу Муустаах байҕалтан тахсан кыыдааннаах кыһыны Саха сиригэр аҕалар. Манна саха дьоно тоҕус ыйдаах аан даам тымныылаах кыһыммыт тымныытын былыр былыргыттан Тымныы оҕуһун муоһа улаатан иһэринэн мээрэйдииллэрин туһунан киирии тылынан саҕалаан оҕолорго норуот тапталлаах суруйааччыта оҕолорго аналлаах «Улуу Тымныы Оҕуһа»диэн өбүгэ номоҕо үйэлиин силлиспит үһүйээн — остуоруйатын билиһиннэрдибит, остуоруйаны бэйэлэрэ дорҕоонноохтук аахтылар.
Оҕолор кыһын хайдах, тоҕо кэлэрин интириэһиргээн иһиттилэр. Түмүккэ, оҕолор Улуу Тымныы оҕуһу уруһуйдаатылар, толкуйдаах оонньууларга билиилэрин тургуттулар. Саҥа сылга аналлаах саха суруйааччыларын Иван Мигалкин «Саҥа дьыллааҕы остуоруйа», Куорсуннаах «Хаарчаан уонна Сулус», Мирнэй олохтооҕо, суруйааччы Любовь Винс «Как Новый год появился» айымньыларын билистилэр.Оҕолор алыптаах дойдуга ыалдьыттаабыттыы сананнылар, остуоруйалары сэргээтилэр, санааларын үллэһиннилэр.

https://youtu.be/4CtsJTQMewI?