Рубрика: <span>Новости</span>

«УЛУУ ТЫМНЫЫ ОҔУҺА»-остуоруйа -уруоктар.

Бүгүн, алтынньы 5 күнүгэр, Элгээйи орто оскуолатын 2,3 кылаас оҕолоругар Тымныы оҕуһун туһунан остуоруйа-уруок буолла. Аан дойдуга саха эрэ омук уус -уран айымньытыгар «Дьыл оҕуһа»,»Тымныы оҕуһа» диэн ураты дьүһүлгэн баар. Тымныы Оҕуһа Хотугу Муустаах байҕалтан тахсан кыыдааннаах кыһыны Саха сиригэр аҕалар. Манна саха дьоно тоҕус ыйдаах аан даам тымныылаах кыһыммыт …

Элгээйигэ ыытыллыбыт олоҥхо дьыктаанын ким туйгун сыанаҕа суруйда?

Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет,Олоҥхону чинчийэр институт, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, СӨ Олоҥхо  ассоциацията I сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылын-өһүн, билиини-көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дьыктаана» диэн аахсыйаны биллэрдэ. Бу аахсыйаҕа кыттыһан Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи модельнай бибилэтиэкэтэ …

Тимофей Сметанин төрүөбүтэ 105 сылыгар  иккис, үһүс кылаастарын оҕолоругар «Тимофей Сметанин – оҕо суруйааччыта» литературнай уруоктар ыытылыннылар.

Сэтинньи 25 күнүгэр саха суруйааччыта, прозаик, поэт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Тимофей Сметанин төрүөбүтэ 105 сылыгар кини оҕолорго анаабыт айымньыларын билиһиннэрэр сыаллаах Элгээйи орто оскуолатын иккис, үһүс кылаастарын оҕолоругар «Тимофей Сметанин – оҕо суруйааччыта» литературнай уруоктар ыытылыннылар. Тимофей Сметанин олус кылгастык да олорон аастар, олус элбэх кэрэ айымньылары норуотугар …

  Алтынньы ый 22 күнүттэн сэтинньи 22 күннэригэр ИЙЭМ КЭРЭ СЭБЭРЭТИН ДЬҮҺҮЙЭБИН ыытыллыбыт күрэс түмүгэ.

Арассыыйаҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр *Ийэ күнүн* ыйынньыгын чэрчитинэн Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи модельнай бибилэтиэкэтэ  алтынньы ый 22 күнүттэн сэтинньи 22 күннэригэр ИЙЭМ КЭРЭ СЭБЭРЭТИН ДЬҮҺҮЙЭБИН ыыппыт күрэһин түмүгэ. Уопсайа 28 үлэ киирбититтэн, дьүүллүүр сүбэ маннык түмүгү таһаарда: Уһуйаан оҕолоругар: Афанасьева Дарина I миэстэ, Абдалова Дарина II миэстэ, Семёнова  Нарыйаана III  миэстэ. …

Уруйдан, улуу Олоҥхо!

Сэтинньи 22 күнүгэр С. А. Зверев аатынан фольклор түмэлэ уонна Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Сэтинньи 25 күнэ — Олоҥхо күнүн» чэрчитинэн ыччат дьон олоҥхо курдук улуу айымньыны билэ-көрө, киэн тутта улааталларыгар сыаллаах П.Х.Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын 10″а», 10″б» кылааһын үөрэнээччилэригэр «Уруйдан,Улуу Олоҥхо!» диэн тематическэй уруок …