Сунтаар улууһун Ытык Киһитэ, сайдар -үүнэр Элгээйибит Бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн» үрдүк бэлиэ хаһаайката, Аар саарга  аатырбыт Элгээйитээҕи Айылҕа түмэлин төрүттээччи Борис Николаевич Андреев эрэллээх көмөлөһөөччүтэ, маҥнайгы дьахтар — таксидермист, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, төрүөбүт дойдутун устуоруйатыгар сырдык аата Көмүс буукубаттан суруллар, хоһуун, айымньылаах үлэтинэн уос номоххо киирбит Марфа Кононовна Иванова 95 Ытык сааһын нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, үлэлээбит кэллэктиибэ, оҕолоро-уруулара «Оһуор» Култуура киинигэр үөрэн-көтөн чиэстээтилэр, эҕэрдэлээтилэр. Экраҥҥа Сибиир чөмчүүгүн хаһаайката — Марфа Кононовна олорбут сиэдэрэй ис хоһоонноох баай олоҕо, үлэлээбит сүҥкэн үлэтэ — барыта кэрэ кэпсээн, сэргэх сэһэн курдук кэпсэнэн, арыллан, көрдөрүллэн, чэ, чахчы да, аттыбытыгар хайдахтаах курдук кэрэ, чулуу үлэһит, мындыр,  айымньылаах  Киһи олороруттан өссө төгүл барыбытыгар  киэн туттуу, махтал,сүгүрүйүү  иилии кууһар. Соҕотох киһи санныгар сүктэриллибит, киһи эрэ барыта кыайбат, сүҥкэн үлэтин айымньылаахтык, чиэстээхтик толорбут Үтүө Киһи аата  өссө да үрдүктэн үрдүктүк сыаналаныа турдаҕа… Марфа Кононовна Иванова  олорбут — үлэлээбит уонна олорор кэмэ икки үйэни ситимниир. Онон Ытык Киһибит дойдутун — дьонун дьоһун устуоруйатын тыыннаах кэрэ кэрэһитэ буолан биһиэхэ барыбытыгар үтүө холобур буолар, олоххо-үлэҕэ сирдиир сырдык сулус буолар! Бүгүҥҥү өрөгөйдөөх дьоһун сааһынан Марфа Кононовнаны нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Аркадий Самойлов эҕэрдэлээн туран дьаһалта аатыттан дьиэтин куукунатын өрөмүөнүгэр стройматырыйаалы бэлэхтиирин эттэ. Айылҕа түмэлин дириэктэрэ Анна Иванова, орто оскуола дириэктэрэ Софья Игнатьева, «Көмүс саас» аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ (сал.Раиса Иванова), бэтэрээн үлэһиттэр,сиэннэр, хос сиэннэр, аймахтар, уруулар, чугас дьонноро үрдүк сыанаттан эҕэрдэ эриэккэһин эттилэр, алгыс үтүөтүн анаатылар. Марфа Коновна үөрүүлээх   күнүн «Нуурал» үҥкүү бөлөҕө «Алаадьылаах үҥкүүнэн,  «Дьүһүйүү» народнай фольклорнай ансаамбыл «Тус илин» норуот ырыатынан, Евдокия Захарова,Геннадий Гуляев эҕэрдэ тойуктарынан, Хороттон ырыаһыт Конон Крыжановскай ылбаҕай ырыатынан киэргэттилэр. Саха Далбар Хотуна
МАРФА КОНОВНА сут, сэрии алдьархайын барытын этинэн-хаанынан билэн, оҕо сааһыттан үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэнэн, ханнык да үлэттэн чаҕыйбакка, тулуурунан-дьулуурунан  дьахтар  санаммат үлэтигэр түүннэри- күннэри төһөлөөх үлэни үлэлээн Аан дойдуга аатырбыт Айылҕа түмэлигэр киллэрбит сүдү кылаатыгар, үтүө суобастаах үлэтигэр өссө төгүл сүгүрүйэбит, махтанабыт,  Киэн туттабыт!!! Билигин Марфа Кононовна сирдээҕи дьоло оҕолорунан, үгүс элбэх сиэннэринэн салҕанар, олох утума салҕанар, кэнчээритэ кэҥиир, киэргэйэр. Марфа Кононовнаҕа Кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕаран туран, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос хос сиэннэриҥ үөрүүлэринэн күнүҥ күннэнэ, тулаҥ сырдыы турдун диэн уруйдаах алгыспытын аныыбыт!

Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ Татьяна Семенова .