Биир дойдулаахпыт, эдэр суруйааччы Анатолий Кириллин-Дьолукуус  «Майаҕатта Бэрт Хара» айымньытынан  туруоруллубут испэктээк көрөөччү биһирэбилин ылла»

Биир дойдулаахпыт, эдэр суруйааччы Анатолий Кириллин-Дьолукуус  «Майаҕатта Бэрт Хара» айымньытынан  туруоруллубут испэктээк көрөөччү биһирэбилин ылла»

Ахсынньы ый 18 күнүгэр, Сахабыт сирин килбэйэр киинигэр, дьоллоох Дьокуускай куоракка Үүнэр көлүөнэ судаарыстыбаннай тыйаатырын үрдүкү сыанатыгар биһиги биир дойдулаахпыт, айар-суруйар дьоҕурдаах ыччаппыт Анатолий Кириллин — Дьолукуус урукку дьыллар улаҕалаах уорҕаларыгар улахан киһиттэн ойуччу улаатан көстөр, муҥур тиит курдук баараҕай көрүҥнээх, хастаабыт харыйа мас курдук харылаах, тиэйиилээх оту санатар кэтит киппэ көҕүстээх, икки былас дарайар сарыннаах, үс былас үрдүк үөкэҕэр өттүктээх, бэйэтигэр тэҥнээх боотуру көрсүбэтэх, үгүөрү күүстээх, сымса илиилээх, быһый атахтаах, түнэ таҥастаах Майаҕатта Бэрт Хара диэн бөҕөс киһи үөскээн-төрөөн олорбутун кэрэһэлиир номохторугар олоҕуран суруллубут маҥнайгы «Майаҕатта Бэрт Хара» диэн пьесата СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, режиссер Александр Титигиров туруоруутунан испэктээк күн сирин көрдө, көрөөччү сэҥээриитин ылла. Майаҕатта Бэрт Хара сүрүн оруолун СӨ култууратын туйгуна Георгий Бессонов толордо. Бу күн «буруйдаахтарыгар» истиҥ иэйиилээх үтүө эҕэрдэлэр этилиннилэр, барҕа махтал тыллара ананнылар. Кэлбит дьон сүргэтэ көтөҕүллэн, санаата көнньүөрэн тарҕастылар.
Бу буолар түбүктээх үлэ, үтүө түмүгэ — көрөөччү биһирэбилэ. Айар куттаах уолбут Анатолий Кириллиҥҥэ — Дьолукууһарга түгэнинэн туһанан, дойдуҥ дьоно, үһүйээнтэн үһүйээҥҥэ кэпсэммит,саха норуотун биир биллэр бөҕөһө «Майаҕатта Бэрт Хара» туһунан дьоһуннаахтык ылсан, кыһамньылаах сыраҕын ууран үйэлэргэ хаалар сүдү айымньыны суруйан таһаарбыккынан киэн туттан, истиҥник эҕэрдэлиибит! Инникитин да айымньылаах үлэҥ өссө да сайда-чэчирии, ылсыбыт ыра санааларыҥ ыпсан, сыралаах үлэҥ сыаналана, ситиһии көтөллөнө, дьон-сэргэ сэҥээриитин ыла турдуннар диэн баҕа санаабыт бастыҥын аныыбыт!