Сылын аайы Элгээйигэ ыытыллар “Дед Мороз бирииҺигэр” дуобат күрэһин чэрчитинэн Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи модельнай бибилэтиэкэтэ ыыппыт “Дуобат дуоскатын алыптаах хонуутугар” диэн билиини тургутар оонньууга бириистээх миэстэлэри ыллылар:
1 миэстэ – Ноговицина Зоя Алексеевна (Элгээйи)
2 миэстэ – Иванова Анна Серафимовна (Элгээйи)
- миэстэ – Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ (Сунтаар)
Кыттыбыт дьоммутугар барыларыгар махтанабыт уонна Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит! Өрүү бу курдук билиигитин хаҥата, сайда, биһиги тэрээһиннэрбитигэр көхтөөхтүк кытта туруҥ!
1.Дуобат дуоската туох диэн ааттанарый? Шашечница, дуобат олоҕо
2.Дуобат фигурата утарылаһааччытын өттүгэр — дуобат дуоскатын түгэҕэр тиийдэҕинэ туох диэн буоларый? Дамка
3.Дуобат оонньуута ханнык сиртэн саҕаланан тэнийбитэй? Былыргы Египеттэн
4.Былыр нуучча сиригэр (Русь) дуобат туох диэн ааттанарай? Тавлея
5.Дуобат дуоскатыгар өссө ханнык оонньууну оонньуохха сөбүй? Саахымат
6.Дуобат канадскай көрүҥэр утарылаһааччылар хастыы дуобатынан оонньууларый? Отут
7.1924 сыллаахха нуучча дуобатын күрэһэр ким бастакы ССРС чемпиона буолбутай? 1924 с.атырдьах ыйын 26 күнүттэн баалҕан ыйын 9 күнүгэр диэри Москва куоракка 20 дойду күүстээх дуобатчыттара кыттыылаах бастакы дуобат чемпионатыгар Владимир Медков бастакы ССРС чемпиона буолбута.
8.Бу ааттаммыт дьоннортон ким нуучча дуобатыгар алта төгүл ССРС чемпиона буолбутай?
а) И. Куперман; б) В.Соков; в) З.Цирик; г) А.Шварцман; д) А.Плакхин; е) Д.Саргин Зиновий Цирик
9.Европаҕа хас сыллаахха дуобат туһунан бастакы кинигэ бэчээттэнэн тахсыбытай? Испания чинчийээччитэ Тарквемад Мадрид куоракка 1547 с. бэчээттэтэн таһаарбыта
10.«Шашки — мать шахмат и достойная мать» диэн биллэр этиини автора?
Шахмакка Аан дойдутааҕы чемпион Эммануил Ласкер эппитэ
11. Британия түмэлигэр дуобаттыы олорор саамай былыргы египет уруһуйа баар, онно кимнээх ойууламмыттарый? Дуобаттыы олорор хахайдаах антилопа
12.Нуучча дуобатыгар хас төгүл ССРС чемпионата ыытыллыбытай? 1924 сылтан 1991 сылга диэри 51 төгүл нуучча дуобатыгар ССРС чемпионата ыытыллыбыта
13.«Торнадо” диэн дуобат программатын ким төрүттээбитэй? Арассыыйа успуортка маастара, Марий Эл Өрөспүүбүлүкэтин Аҕыс төгүллээх чемпиона Михаил Матвеевич Глицерин айбыта
14.Хас сыллаахха Арассыыйа Дуобатын Кодекса ылыллыбытай?
2002 с. алтынньы 5 күнүгэр Арассыыйа Дуобатын Федерациятын конференциятыгар бигэргэнэн Арассыыйа Дуобатын Кодекса 2004 с.ахсынньы 1 күнүгэр күүһүгэр киирбитэ.
15.Бүтүн Аан дойдутааҕы дуобат Оскарын бастакы Лауреата кимий?
Дуобакка үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Николай Васильевич Абациев (Мелехин –Абациев) 2007 с.” Всемирный шашечный Оскар за выдаующиеся заслуги и спортивные достижения в области шашек” аан дойдутаа5ы бириэмийэ бастакы лауреата буолбута.
16.Арассыыйа дуобатын Федерациятын президенэ кимий?
Арассыыйа биллиилээх предпринимателэ, уопсастыбаннай диэйэтэл Анатолий Юрьевич Никитин, сыл аайы дуобат күрэһигэр Федерация Президенин бирииһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнир ыытар.
17.Элгээйи нэһилиэгэр “Дед Мороз бирииһигэр” дуобакка күрэс хас сыллаахха тэриллибитэй?1986 с.
18.“Дед Мороз бирииһигэр” дуобакка күрэс автордарын ааттааҥ? Егоров Прокопий Митрофанович
19. Элгээйи саамай бастыҥ дуобатчыттарын ааттааҥ? Семенов Н.М.,Уаров В.,.,Яковлев В.И.,Ноговицин А.И.,Павлов Н.Н., Исаков И.И.,Спиридонов В.Ю., Андреев В.И.,Пахомов В.В. уо.д.а.
20.Өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар дуобат күрэһэр Сунтаартан 1953 сыллаахха ким бастакы ситиһиини аҕалбытай? Бордоҥтон Абрам Алексеев 1953 с.өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар үһүс миэстэни ылбыта.
21. Сунтаартан ким бастакынан өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн Сибиир уонна Дальнай Восток зонатыгар чемпионнаан утумнааччыларыгар суолу тэлбитэй ? 1966 сылтан Петр Иванов дуобакка өрөспүүбүлүкэ хамаандатыгар киирэн, Сибиир уонна Дальнай Восток зонатыгар чемпионнаабыта.