Бүгүн Элгээйигэ, Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ, “Матери России” Сунтаардааҕы филиала уонна “Алмазэргиэнбанк” допофиһын салайааччыта Эллада Николаева нэһилиэк кэрэ аҥардарыгар «Үбү-харчыны хайдах туттары билии суола хас биирдиибитигэр аһаҕас» диэн финансовай билиини сырдатар- билиһиннэрэр семинары ыыттылар. Семинар кыттыылаахтарыгар Эллада Николаевна харчыны сөпкө туттарга, дьиэ кэргэн бүддьүөтүн ааҕарга-суоттуурга, былаанныырга, харчыны мунньарга, уурунарга, кирэдьиити, ипэтиэкэни түргэнник сабарга үөрэттэ, сүбэлээтэ, ону тэҥэ түөкүттэргэ албыннатыыттан сэрэхтээх буоларга болҕомтолоох буоларга туһаайда. Үөрэх түмүгүнэн кэлбит бары кыттыылаахтарга икки турдаах квиз — финансовай оонньууну ыыттылар. Квиз оонньуу тиэст киэбинэн барда, манна уон биэс ыйытыкка харчы, баан историятыттан саҕалаан, харчы уурунуутун, харчыны сөпкө туттуу туһунан бааллар. Оонньуу кыайыылаахтарыгар уонна “Матери России” Элгээйитээҕи филиалын көхтөөх чилиэннэригэр бэлэхтэри туттардылар. Эллада Николаевнаҕа, махтанан туран, семинар кыттыылаахтара бэйэлэригэр сыаналаах билиини ылбыттарын, саҥаны билбиттэрин-көрбүттэрин бэлиэтээтилэр. Аналитическай киин ыыппыт чинчийиитин түмүгүнэн, Саха сирин нэһилиэнньэтэ финасовай үөрэҕириитин таһымынан ортоттон аллараа көрдөрүүлээх. Онон анал исписэлиистэр маннык кэлэн нэһилиэнньэҕэ анал үөрэхтэри ыыталлара, бары өттүнэн туһалаах буоларыгар саарбахтаммат.