Егоров, Иван Иннокентьевич. Ийэ сүрэҕэ.
Сэрии толоонугар охтубут биэс ини-бии Малгиннар күн күбэй ийэлэрэ Ф.Н. Малгина- Хобороос барахсан буойун уолаттарыныын инники кэккэҕэ мэлдьитин бииргэ баара, кинилэр ыарахан түгэннэригэр иһирэх тылынан, сүрэҕин сылааһынан көмө-тирэх буолара. Олох уонна сэрии…Бу модун уонна уодаһыннаах мөккүөрдэр Хобороос сүрэҕин ортотунан ааһаллара, ыар аһыытын барытын күүстээх санаатынан уйан, кыайыыны көрсөн, саҥа дьиэтигэр сиэннэринэн дьоллонор. Ааптар маны сэргэ «Дьүөгэлиилэр» диэн аныгы олох көстүүтүн көрдөрөр оонньууга хайалара сатабыллаах саһыл саҕалаах буоларын таайтарардыы табатык ойуулуур.
Марков, Степан Степанович. Дьылҕа, тыйыскын даҕаны…
«Чокуур» диэн сэһэҥҥэ эйэлээх сэбиэскэй кэмҥэ эдэркээн уол туора киһи дьалаҕайыттан ыар түбэлтэҕэ түбэһэн, өлөр өлүү айаҕыттан кыл түгэнэ быыһанар, ол эрээри чэгиэн бэйэтэ соҕотохто киһи аҥаара буолан хаалар. Чокуур таптал эрэ күүһүнэн өсөһөн туран, эриллэн-мускуллан, барытын тулуйан, кыһалҕалары, буомнары кыайан, дьоһуннаах олоххо иккистээн төннүбүтүн туһунан элбэххэ үөрэтэр айымньы ааҕааччыны сэҥээрдиэ.
«Дьылҕа, тыйыскын даҕаны…» сэһэҥҥэ Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии ыар сыллара ойууланар. Бу кэмҥэ күрүөйэхтэр баар буола сылдьыбыттара. Хара тыаҕа хорҕойо сылдьан, холкуос сүөһүтүн, сылгытын уоран сииллэрэ, лааппылары халыыллара, киһи сырдык тыыныгар турбут да түбэлтэлэрэ тахсыталыыра. Бу аат-суол барар улахан сааттаах дьыала этэ. Оттон арай ол күрүөйэхтэр ортолоругар …эн күҥҥэ көрбүт соҕотох оҕоҥ баар буоллун?! Ааптар Степан Марков сэһэнигэр икки уот икки ардыгар соһуччу түбэспит төрөппүттэр барахсаттар, биир сайылык дьоно, хайдах курдук санаа ытылҕаныгар сылдьалларын, кинилэр уйулҕаларын аһаҕастык ойуулаабыта ааҕааччыны долгутуо.
Макеев, Данил Николаевич.Оҕом аҕалаах буоллаҕына…: сэһэннэр.*
Дьылҕа ыар охсуутун тулуйар, кытаанах — тыйыс тургутуутун уйар, олоххо талаһар күүс туохханый? Бу ыйытыыга хоруйу талааннаах суруйааччы Данил Макеев саҥа кинигэтигэр киирбит «Оҕом аҕалаах буоллаҕына..», «Оҥоһуу» айымньыларыттан булуоҥ. Сэһэннэргэ сүрүн дьоруойдар — эдэр дьон Бааскалаах Ньургуйаана уонна аар кырдьаҕас Өлөксөй Баһылайабыс мөккүөрдээх, уустук, саха киһитэ санаан да көрбөтөх соһуччу түгэннэрдээх, ыар оҥоһуулаах дьылҕаларын суола ааҕааччыны толкуйдатар, уйадытар, үөрэтэр, сэрэтэр дириҥ ис хоһоонноохтук уус-ураннык ойууланар.
Аскаров, Алибек Асылбаевич (нууччалыыттан В.Н. Луковцев — Дьурустаан тылбааһа). Сарбыллыбыт таптал: муммут дьылҕалаах көлүөнэ: сэһэн*
Сэһэҥҥэ олоххо бэйэтин суолун көрдөнөр эдэр киһи көрсөр араас түгэнэ илэ чахчы, эмиэ да күлүүлээх гына ойууланар. Тыа көнө уола куоракка албыҥҥа, сэрэхтээх быһыыга-майгыга түбэһитэлиир. «Мин кимминий, тоҕо табыллыбаппыный?» диэн ис мучумаана, ыарахаттарга бэриммэт дьулуура, эрэлэ ааҕар киһи дууһатын таарыйар, долгутар. Уруулуу тыллаах ааптар сэргэх кэпсээннэригэр дьон сыһыана, доҕордоһуу, таптал эгэлгэлэрэ дьүһүйүллэр.
Платонов, Николай Александрович. Дьиктилээх сылгы: кэпсээннэр.
Олоххо туох суоҕай?… Ааттаах аты куота айанныыр быһыйдар, күннээх-түүнү эргитэн тохтообокко туойар улуу ырыаһыттар, күлүмэх күүстээхтэр, муҥурун булларбатах дьиктилээх сылгы — эмиэ да көрүдьүөс, эмиэ да киһи соһуйар, сүөргүлүүр, куттанар — тууйуллар, сөҕөр -махтайар даҕаны түгэннэрэ үгүс буоллахтара эбээт.