Рубрика: <span>Новости</span>

Элгээйигэ «Үтүө санаа харыйата» аахсыйа.

«Үтүө санаа харыйата» аахсыйа 2015 сылтан тэриллэр. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ  аахсыйа сэтинньи 20 күнүттэн ахсынньы 29 күнүгэр диэри ыытыллар. Бу  үтүө бачыымҥа  кыттыһан, бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ Элгээйи нэһилиэгин «Үтүө санаа харыйата» ыытылынна. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Аркадий Самойлов  бу аахсыйаҕа ис сүрэхтэн кыттыһа кэлбит бары тэрилтэ …

Бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Элгээйи орто оскуола алын кылаас оҕолоругар олохтоох бибилэтиэкэ бу үөрэх дьылыгар ыыппыт бибилэтиэчинэй уруоктарын,аахпыт, билбит айымньыларын хатылааһын уруога буолла. Оҕолор аахпыт айымньыларыгар  бэсиэдэ, таабырыннар,  сэргэх кэпсэтиилэр буоллулар. Ол курдук бу үөрэх сылыгар барбыт тиэмэлэригэр: нуучча улуу суруйааччыта А.С. Пушкин, Байанай ыйа, сахалыы таабырыннар, идэлэр, Арассыыйа  күнүгэр …

Биир дойдулаахпыт, эдэр суруйааччы Анатолий Кириллин-Дьолукуус  «Майаҕатта Бэрт Хара» айымньытынан  туруоруллубут испэктээк көрөөччү биһирэбилин ылла»

Ахсынньы ый 18 күнүгэр, Сахабыт сирин килбэйэр киинигэр, дьоллоох Дьокуускай куоракка Үүнэр көлүөнэ судаарыстыбаннай тыйаатырын үрдүкү сыанатыгар биһиги биир дойдулаахпыт, айар-суруйар дьоҕурдаах ыччаппыт Анатолий Кириллин — Дьолукуус урукку дьыллар улаҕалаах уорҕаларыгар улахан киһиттэн ойуччу улаатан көстөр, муҥур тиит курдук баараҕай көрүҥнээх, хастаабыт харыйа мас курдук харылаах, тиэйиилээх оту санатар кэтит …

Сылын аайы Элгээйигэ ыытыллар “Дед Мороз бирииҺигэр” дуобат күрэһин чэрчитинэн Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи модельнай бибилэтиэкэтэ  ыыппыт   “Дуобат дуоскатын алыптаах хонуутугар” диэн билиини тургутар оонньуу кыайыылаахтара.

Сылын аайы Элгээйигэ ыытыллар “Дед Мороз бирииҺигэр” дуобат күрэһин чэрчитинэн Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи модельнай бибилэтиэкэтэ  ыыппыт   “Дуобат дуоскатын алыптаах хонуутугар” диэн билиини тургутар оонньууга  бириистээх миэстэлэри ыллылар:  1 миэстэ – Ноговицина Зоя Алексеевна (Элгээйи)  2 миэстэ – Иванова Анна Серафимовна (Элгээйи) Кыттыбыт дьоммутугар барыларыгар махтанабыт уонна  Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит! Өрүү …

«Сибиир чөмчүүгүн хаһаайката» Элгээйи 2009 с. «Сибиир чөмчүүгүн хаһаайката» Элгээйи 2021 с. «Элгээйи нэһилиэгэ». Е.К.Аввакумов; Дьокуускай 1996 с. «Үһүс үйэтигэр үктэммит нэһилиэк», Е. К. Аввакумов; Дьокуускай 2006 с. «Эйиэхэ махтана саныыбыт» Элгээйи 2007 с. «Эльгяйский региональный музейно- экологический центр им. Б.Н.Андреева. Якутск 2015 г. «Музей природы Эльгяйской средней школы имени …