Бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Элгээйи орто оскуола алын кылаас оҕолоругар олохтоох бибилэтиэкэ бу үөрэх дьылыгар ыыппыт бибилэтиэчинэй уруоктарын,аахпыт, билбит айымньыларын хатылааһын уруога буолла. Оҕолор аахпыт айымньыларыгар  бэсиэдэ, таабырыннар,  сэргэх кэпсэтиилэр буоллулар. Ол курдук бу үөрэх сылыгар барбыт тиэмэлэригэр: нуучча улуу суруйааччыта А.С. Пушкин, Байанай ыйа, сахалыы таабырыннар, идэлэр, Арассыыйа  күнүгэр аналлаах уо.д.а.  билиилэрин тургуттулар.
Бибилэтиэкэ кырачаан ааҕааччылара уруоктарга көхтөөхтүк кыттан, ыйытыыларга хоруйдаан билиилэрин таһыма биллэ хаҥаабытын көрдөрдүлэр. Күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтар наҕараадаланнылар. Оҕолору, төрөппүттэри кыһыҥҥы уһун сынньалаҥҥытыгар ааҕарга кинигэлэрдэ кэлэн уларсаргытыгар ыҥырабыт!