“Дед Мороз бирииҺигэр” дуобат күрэһигэр аналлаах викторинаҕа  кыттан Кыайыылаах буол.

  1. Дуобат дуоската туох диэн ааттанарый?
  2. Дуобат фигурата утарылаһааччытын өттүгэр — дуобат дуоскатын түгэҕэр тиийдэҕинэ туох диэн буоларый?
  3. Дуобат оонньуута ханнык сиртэн саҕаланан тэнийбитэй?
  4. Былыр  нуучча сиригэр (Русь) дуобат туох диэн ааттанарай?
  5. Дуобат дуоскатыгар өссө ханнык оонньууну оонньуохха сөбүй?
  6. Дуобат канадскай көрүҥэр утарылаһааччылар хастыы дуобатынан оонньууларый?
  7. 1924 сыллаахха нуучча дуобатын күрэһэр ким  бастакы ССРС  чемпиона буолбутай?
  8. Бу ааттаммыт дьоннортон  ким нуучча дуобатыгар  алта төгүл ССРС чемпиона буолбутай?
  9. Европаҕа хас сыллаахха дуобат туһунан бастакы кинигэ бэчээттэнэн тахсыбытай?
  10. «Шашки — мать шахмат и достойная мать»  диэн биллэр этиини автора?
  11.  Британия түмэлигэр дуобаттыы олорор саамай былыргы египет уруһуйа баар, онно кимнээх ойууламмыттарый?
  12. Нуучча дуобатыгар хас төгүл ССРС чемпионата ыытыллыбытай?
  13. «Торнадо” диэн дуобат программатын  ким төрүттээбитэй?
  14. Хас сыллаахха Арассыыйа Дуобатын Кодекса ылыллыбытай?
  15.   Бүтүн Аан дойдутааҕы дуобат Оскарын бастакы Лауреата кимий?
  16.  Арассыыйа дуобатын Федерациятын  президенэ кимий?
  17.  Элгээйи нэһилиэгэр “Дед Мороз бирииһигэр” дуобакка күрэс хас сыллаахха тэриллибитэй?
  18. “Дед Мороз бирииһигэр” дуобакка күрэс  автордарын ааттааҥ?
  19.  Элгээйи саамай  бастыҥ дуобатчыттарын ааттааҥ?
  20. Өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар  дуобат күрэһэр Сунтаартан 1953 сыллаахха ким бастакы ситиһиини аҕалбытай?
  21.   Сунтаартан ким бастакынан өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн Сибиир уонна Дальнай Восток зонатыгар   чемпионнаан утумнааччыларыгар суолу тэлбитэй

 Хоруйдаргытын ахсынньы 17 күнүгэр диэри бу нүөмэрдэргэ ыытаргытын күүтэбит:

Семенова Т.А.      89141144083.

Чагдинская М.В.  89618679259

Викторинаҕа сааһыттан тутулуга суох, ким базалаах кыттар.

1, 2, 3 миэстэлэр ананыахтара , хайҕабыл суруктары уонна Тымныы Моруос бирииһин тутуохтара.