Саҥа кинигэлэр.

Саҥа кинигэлэр.

Уһук Уйбаан.» Таптал сүдү күүһэ»:  (дьоҕус сэһэннэр).
Бу хомуурунньукка киһи аймах өрө тутар ,сүгүрүйэр,олох укулаата буолар сүрүн иэйии- таптал туһунан дьоҕус сэһэннэр түмүллэн киирдилэр.

Федоров Захар Васильевич.
«Булт мүччүргэннээх түгэннэрэ»: кэпсээннэр.
Унньуктаах уһун кыһын бүтэн, саас барахсан салаллан кэллэҕинэ, саха дьонугар олус кэтэһиилээх кэм-сааскы кус кэмэ үүнэр, онно бараары тэринии сүпсүлгэнэ, куска буолар араас көрүдьүөс, умсулҕаннаах түгэннэр , күһүҥҥү тайахха, бултааһын, хотугу дойду өрүстэринэн мүччүргэннээх устуу , хара тыа адьырҕаларыгар түбэһии…

Досжан,Сауле Магазбеккызы.
«Соһуччу байбыт миллионер» :сэһэн.
Кимтэн да,хантан да көмөтө, өйөбүлэ суох байан — тайан мөлүйүөн харчыланыаҥ дуо? Дьэ, сиппит -хоппут улахан киһиэхэ да мээнэ кыаллыбат уустук сорук. Ыраах хайаларга бүкпүт аул уолун, саҥа улаатан атаҕар туран эрэр казах оҕотун түһүүлээх -тахсыылаах олоҕо -кини кынаттаах ыра санаатын  батыһан,кыайыыга дьулуһар аарыктаах айана.Үлүскэннээх үлэ, күүстээх дьулуур уонна самныбат баҕа санаа киһини ханнык баҕарар үрдэлгэ тириэрдэр. Миллионер да буолуохха сөп…

Воины — якутяне в Смоленском сражении: 10 июля 1941 — 5 сентября 1943 гг.
Смоленское сражение 1941г. одно из крупнейших  военных сражений Великой Отечественной войны . В ходе него воины Советской Армии проявили величайшую стойкость и мужество. Они самозабвенно обороняли каждый метр родной земли и наносили по оккупантам сокрушительные удары, чем вынудили их временно перейти к обороне. Это позволило советскому командованию выиграть время для подготовки необходимых резервов к осуществлению оборонительных мероприятий у Москвы.

Колосов , Илья Семёнович.
«Өлбөт үөстэниэҕиҥ»: историческай роман.
Кинигэҕэ ааспыт үйэ саҥатыгар дойду үрдүнэн олох -дьаһах укулаата,уопсастыбаннай тутул уларыйар , кыһылга- үрүҥҥэ хайдан  атааннаһыы, былааһы былдьаһыы иэдэннээх кэмнэрэ киэҥник хабыллан көрдөрүллэр. Роман үһүс чааһыгар киинтэн ыраах Саха сиригэр саа -сэп тутан утарыта турсуу 1922-1923сс. сытыырхайбыт быһыыта-майгыта төрүөттэрэ ойууланар. Номоххо киирбит Киллэм, Төхтүр ,Никольскай кыргыһыылара , Каландаришвили  этэрээтигэр тоһуур түгэннэрэ уус -уран айымньыга аан маҥнай сиһилии арыллан ааҕааччы болҕомтотун тардыахтара.

Андросов- Айанньыт , Иван Афанасьевич.
«Тумаҥҥа симэлийбиттэр» : роман.
Ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин , биһирэбилин ылбыт Иван Андросов — Айанньыт «Тумаҥҥа симэлийбиттэр» историческай айымньы «Уһуйуллуу . Дагдаҕар Боотур» бэһис кинигэтигэр боотур буоларга айылҕаттан анатыылаах уол оҕо уйана -xатана биллэр кыргыс үөрэҕэр такайыллан, Дьылҕа Хаан уустук, тургутууларын , оһолун-буомун сылбырҕа- сымса туттунуутунан ,ураты чуор дьоҕурунан ,итиэннэ Аар айылҕа араҥаччылыыр күүһүнэ эрдээхтик туораан , Дагдаҕар Боотур дэтэн , улахан аҕа ууһун боотурдарын  бас-көс буолара ураннык хоһуйуллар.