“Дед Мороз бирииҺигэр” дуобат күрэһигэр аналлаах викторинаҕа кыттан Кыайыылаах буол.
- Дуобат дуоската туох диэн ааттанарый?
- Дуобат фигурата утарылаһааччытын өттүгэр — дуобат дуоскатын түгэҕэр тиийдэҕинэ туох диэн буоларый?
- Дуобат оонньуута ханнык сиртэн саҕаланан тэнийбитэй?
- Былыр нуучча сиригэр (Русь) дуобат туох диэн ааттанарай?
- Дуобат дуоскатыгар өссө ханнык оонньууну оонньуохха сөбүй?
- Дуобат канадскай көрүҥэр утарылаһааччылар хастыы дуобатынан оонньууларый?
- 1924 сыллаахха нуучча дуобатын күрэһэр ким бастакы ССРС чемпиона буолбутай?
- Бу ааттаммыт дьоннортон ким нуучча дуобатыгар алта төгүл ССРС чемпиона буолбутай?
- Европаҕа хас сыллаахха дуобат туһунан бастакы кинигэ бэчээттэнэн тахсыбытай?
- «Шашки — мать шахмат и достойная мать» диэн биллэр этиини автора?
- Британия түмэлигэр дуобаттыы олорор саамай былыргы египет уруһуйа баар, онно кимнээх ойууламмыттарый?
- Нуучча дуобатыгар хас төгүл ССРС чемпионата ыытыллыбытай?
- «Торнадо” диэн дуобат программатын ким төрүттээбитэй?
- Хас сыллаахха Арассыыйа Дуобатын Кодекса ылыллыбытай?
- Бүтүн Аан дойдутааҕы дуобат Оскарын бастакы Лауреата кимий?
- Арассыыйа дуобатын Федерациятын президенэ кимий?
- Элгээйи нэһилиэгэр “Дед Мороз бирииһигэр” дуобакка күрэс хас сыллаахха тэриллибитэй?
- “Дед Мороз бирииһигэр” дуобакка күрэс автордарын ааттааҥ?
- Элгээйи саамай бастыҥ дуобатчыттарын ааттааҥ?
- Өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар дуобат күрэһэр Сунтаартан 1953 сыллаахха ким бастакы ситиһиини аҕалбытай?
- Сунтаартан ким бастакынан өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн Сибиир уонна Дальнай Восток зонатыгар чемпионнаан утумнааччыларыгар суолу тэлбитэй
Хоруйдаргытын ахсынньы 17 күнүгэр диэри бу нүөмэрдэргэ ыытаргытын күүтэбит:
Семенова Т.А. 89141144083.
Чагдинская М.В. 89618679259
Викторинаҕа сааһыттан тутулуга суох, ким базалаах кыттар.
1, 2, 3 миэстэлэр ананыахтара , хайҕабыл суруктары уонна Тымныы Моруос бирииһин тутуохтара.