Арассыыйаҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ күнүн ыйынньыгын чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэрин тосхоло:

Арассыыйаҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ күнүн ыйынньыгын чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэрин тосхоло:

“Күн Ийэҕэ махтал!” аһаҕас хоһоон ааҕыытын күрэһин балаһыанньата:

Буолар сирэ: Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи модельнай бибилэтиэкэ
Буолар күнэ, чааһа: Сэтинньи ый 8 күнүгэр, күнүс 15:00 чаастан

Күрэс сыала-соруга:

  1. Ийэ күнүгэр аналлаах тэрээһиннэргэ дьон-сэргэ көхтөөх кыттыыны ыларын ситиһии.
  2. Саха поэттарын айымньыларын киэҥ араҥаҕа таһаарыы.
  3. Оҕо уус-уран ааҕыынан дьарыктанарын ситиһии.
  4. Айар талааннаах оҕолору киэҥ араҥаҕа таһаарыы. Ирдэбиллэрэ:
  5. Саха суруйааччыларын ийэ туһунан хоһооннорун уус — ураннык ааҕыы.
  6. Бэйэ айбыт ийэ туһунан хоһоону уус-ураннык ааҕыы.
  7. Кыттыыны ылаллар: оскуола үөрэнээччилэрэ, оскуолаҕа киирэ илик саастаах оҕолор.
  8. Хоһоону музыканан, таҥаһынан – сабынан, атрибутунан киэргэтии ньымаларын туттуу көҥүллэнэр, биһирэнэр. Толоруллар бириэмэтэ:
    Хоһоон ааҕыыга – 1,5-3,0 мүнүүтэ;

Бөлөҕүнэн араарыы:
1 бөлөх: 6-10 саастаахтар
2 бөлөх: 11-14 саастаахтар
3 бөлөх: 15-18 саастаахтар

Күрэс кыайыылаахтарын Дьүүллүүр сүбэ быһаарар.

Кыайыылаахтары наҕараадалааһын:
Бөлөхтөрүнэн 1, 2, 3 миэстэлэр ананыахтара.
Бэйэ айбыт хоһоонун ааҕыыга Кылаан кыайыылаах аат иҥэриллэр.

Күрэскэ кыттыан баҕалаахтар сайаапкалары алтынньы ый 22 күнүттэн сэтинньи ый 2 күнүгэр диэри ыытаҕыт.

📞 Билсэр нүөмэрдэргит: 89141144083 Семенова Т.А.,
89618679259 Чагдинская М.В.

“Ийэм кэрэ сэбэрэтин дьүһүйэбин” уруһуй күрэһин балаһыанньата:

Күрэс сыала-соруга:

  1. Ийэ күнүгэр аналлаах тэрээһиннэргэ сааһыттан тутулуга суох нэһилиэк дьоно көхтөөх кыттыыны ыларын ситиһии.
  2. Айар –дьүһүйэр дьоҕурдарын сайыннарыы.
  3. Ийэ уобараһын үйэтитии. Ирдэбиллэрэ:
    -Уруһуйга кыттааччылар ийэлэрин кэрэтин араас өҥү туттан уруһуйдууллар.
    -Формата А4.
    -Уруһуйдары Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи модельнай бибилэтиэкэҕэ аҕалан туттараҕыт

Бөлөҕүнэн араарыы:
1 бөлөх: 6-10 саастаахтар
2 бөлөх: 11-14 саастаахтар
3 бөлөх: 15-18 саастаахтар
4 бөлөх: 19-35 саастаахтар
5 бөлөх: 36 сааһыттан үөһээ

Күрэс кыайыылаахтарын Дьүүллүүр сүбэ быһаарар.
Кыайыылаахтары наҕараадалааһын:
Бөлөхтөрүнэн 1, 2, 3 миэстэлэр ананыахтара, добун суруктар туттарыллыахтара.
Бары үлэлэр быыстапкаҕа туруохтара.
Күрэскэ үлэлэри алтынньы ый 22 күнүттэн сэтинньи ый 20 күнүгэр диэри тутабыт .

📞 Билсэр нүөмэрдэргит: 89141144083 Семенова Т.А.,
89618679259 Чагдинская М.В.

Элгээйи нэһилиэгин ийэлэригэр куйаар ситиминэн ыытыллар «Ийэбэр туһа киһитэбин» хаартысканан флешмоб балаһыанньата:
Тэрийээччи: Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи модельнай бибилэтиэкэ
Ыытыллар кэмэ: Алтынньы ый 23 күнүттэн сэтинньи ый 16 күнүгэр диэри хаартыскалары тутабыт.

Флешмоб сыала — соруга:
Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ ийэ бэйэтин холобурунан иитэрин, оҕо дьиэ кэргэнин үтүө үгэстэрин салҕааччы, ситимнээччи буоларын чиҥэтии.
Флешмоб ирдэбилэ:
Элгээйи нэһилиэгин ийэтэ уонна оҕото иккиэн тэҥҥэ кытталлар;
Сааһынан хааччахтаммат;
Кыттааччылар толору ааттарын суруйаллар;
Кыттааччы ийэ оҕотунаан тэҥҥэ дьарыгын хаартыскатын ыытар;

«Ийэбэр туһа киһитэбин» диэн аһаҕас куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар флешмоб кыттааччылара ыыппыт материаллара тэрийээччи бас билиитэ, куйаар ситимигэр, сайтка тахсарыгар сөбүлэҥэ буолар.
📞 Хаартыскалары бу нүөмэрдэргэ ыытаҕыт:
89141144083 Семенова Т.А.,
89618679259 Чагдинская М.В.